Бэлиэ түгэн
Бэлиэ түгэн Кыһыл Үрүйэ оскуолата 85 сылын туолла Биһиги дэриэбинэбитигэр бу эмиэ улахан событие. Оскуола баар буолан дэриэбинэ сайдар. Соторутааҕыта олохтоохтор ыалдьыттарбытын көрсөн бу даатаны бииргэ бэлиэтээтибит. Историяны сэгэтэн көрдөххө, 1941 сыллаахха Орджоникидзевскайдааҕы оройуон Сэбиэтэ Кыһыл Үрүйэҕэ оскуоланы арыйар туһунан уураах таһааран, дириэктэринэн Роман Васильевич Платоновы анаабыт. Сэрии кытаанах сылларыгар бу үөрэх кыһатыгар син элбэх оҕо үөрэммит. 1946 сыллаахха Кыһыл Үрүйэ холхуостаахтарын күүһүнэн, бэрэссэдээтэл Иван Степанович Киприянов –Уус Киппир салайыытынан типовой оскуола дьиэтэ тутуллубут. 1947 сыл тохсунньу 30 күнүгэр оччотооҕу оройуоннааҕы үөрэх салаатын сэбиэдиссэйэ Егор Кардашевскай киниэхэ Махтал суругу туттарбыт. Онтон 1957 сыллаахха аныгы дэриэбинэбит сиригэр бөдөҥсүтүү политиката кэлэн оскуоланы Үрэх Төрдүгэр көһөрөн аҕалбыттар. 1995 сыллаахха биир дойдулаахтарбыт, энтузиастар ини-бии Тарасовтар көҕүлээһиннэринэн «Кэлэр көлүөнэ пуондатын” көмөтүнэн үбүлэнэн үөрэхпит кыһата арболит матырыйаалынан тутуллан оҕолорбут үчүгэй оскуолаҕа үөрэнэр буоллулар, сайыннылар. 85 сыл устата Кыһыл Үрүйэ оскуолатын 740 оҕо бүтэрбитэ биллэр. Сиһилии: https://ханаласгазета.рф/kyһyl-үrүje-oskuolata-85-sylyn-tuolla/ Зинаида Лазарева, биһиги общ. корр. Хаартысканы, видеоны ааптар тиксэрдэ. @gazetahangalas Газета «Хангалас» в МАХ: https://max.ru/channel_Hangalas ВКонтакте: https://vk.com/gazetahangalas