Кыайыылаахтар норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга кыттыахтара
Кыайыылаахтар норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга кыттыахтара Покровскай куоракка боксаҕа ССРС норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спордун маастара, олимпиец Анатолий Филиппов бирииһигэр 2011-2012 сыллаах төрүөх уолаттарга өрөспүүбүлүкэҕэ бастыыр иһин күрэхтэһии саҕаланна. Турнирга барыта 24 хамаанда уонна 176 эдэр кэскиллээх боксер кэлбит. Рингэҕэ эдэр боксердар туох да кэтэбилэ-манабыла суох киирсэн бараллар. Сытыы, сылбырҕа хамсаныылаах, күүстээх охсуулаах, кэскиллээх уолаттар эрэли саҕаллар. Уолаттар киирсиилэригэр чаҕылханныы толкуйдара, сымса-сылбырҕа хамсаныылара, охсууларын күүһэ, сытыыта, өй-санаа өттүнэн туруктарын хаачыстыбата туораттан олус үчүгэйдик көстөр. Эдэр спортсменнар кэрэхсэтэр киирсиилэри көрдөрөллөр. Күрэхтэһии түмүгүнэн кыайыылаах уолаттар Россия үтүөлээх тириэньэрэ Артур Пахомов сырдык кэриэһигэр ахсынньы ыйга ыытыллыахтаах норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга Өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн Сахабыт сирин үрдүк аатын көмүскүөхтэрэ. Онно боксердар хамаанданан утарыта киирсиэхтэрэ. Уйбаан УЙГУУРАП. Ааптар видеоҕа устуута уонна хаартыскаҕа түһэриитэ. @gazetahangalas Газета «Хангалас» в МАХ: https://max.ru/channel_Hangalas ВКонтакте: https://vk.com/gazetahangalas