Бүгүн, от ыйын 1 күнүгэр — Байыаннай дьайыылар ветераннарын күнүгэр — Алаһыайбыт нэһили... — 1 июля 2026 г. в 03:37:07.077
Бүгүн, от ыйын 1 күнүгэр — Байыаннай дьайыылар ветераннарын күнүгэр — Алаһыайбыт нэһилиэгэр ураты суолталаах, өрөгөйдөөх түгэн буолла.Төрөөбүт дойдуларын туһугар олохторун толук уурбут хорсун буойуннарбыт — Герман Георгиевич Бандеров уонна Сергей Викторович Семёнов сырдык кэриэстэригэр анаммыт өйдөбүнньүк пааматынньык үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Кинилэр хорсун быһыылара, дойдуга бэриниилээх буолуулара биһиги сүрэхпитигэр үйэлэргэ тыыннаах буолуоҕа. Кэлэр көлүөнэҕэ ытык холобурунан сырдыаҕа.Геройдарбыт ааттара умнуллубат! Сырдык өйдөбүнньүккэ сүгүрүйэбит! 🙏🕯️