РЕСПУБЛИКА БАРЫ УЛУУСТАРЫТТАН ОДЬКХ ҮЛЭҺИТТЭРЭ ТААТТАҔА КЭЛЛИЛЭР
РЕСПУБЛИКА БАРЫ УЛУУСТАРЫТТАН ОДЬКХ ҮЛЭҺИТТЭРЭ ТААТТАҔА КЭЛЛИЛЭР Бүгүн Тааттаҕа бөдөҥ судаарыстыбаннай диэйэтэл Ананий Кононович Андреев төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһинигэр Саха Республикатын ОДЬКХ ГУП генеральнай директора Виталий Семенович Чикачев салайааччылаах республика бары улуустарын ОДЬКХ филиалларын директордара кэллилэр. Ыҥырыылаах ыалдьыттары Таатта кыраныыссатыгар Тыараһа нэһилиэгин баһылыга Святослав Сунхалыров, "Алгыс" норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ арыылаах алаадьынан айах тутан, кылыһахтаах тойугунан уруйдаан-айхаллаан көрүстүлэр. @taattagazeta @ulusmedia
Канал в каталоге Максиметера
672 подписчиков · Новости