🗳️ Тыыл бэтэрээнэ улахан хос сиэнинээн быыбарга
🗳️ Тыыл бэтэрээнэ улахан хос сиэнинээн быыбарга Дьокуускайга олорор ытык киһибит, тыыл бэтэрээнэ Семен Павлович Татаринов бүгүн улахан хос сиэнинээн Айхан Васильевтыын куоластаатылар. Антоновкабыт киэн туттуута Семен Павлович аҕыйах хонуктааҕыта 96 сааһын туолла. ХИФУ ФТИ-тыгар үөрэнэр хос сиэнэ бастакытын быыбардыыр түгэнэ. Бу буоллаҕа дьол диэн. Атахха тура сылдьан сиэннэри ааһан, хос сиэннэри кытта тэҥҥэ олох үөһүгэр сылдьар, дойду иннигэр эппиэтинэс холобура буолар. ✍🏼 Октябрьскай нэһилиэк дьаһалтатын пресс-киинэ @gazetanyurba @ulusmedia