Хаҥалас нэһилиэгэр «Алаас Хотуна» эбээлэр түмсүүлэрэ (салайааччы Адамова А.С.) нэһилиэк...
Хаҥалас нэһилиэгэр «Алаас Хотуна» эбээлэр түмсүүлэрэ (салайааччы Адамова А.С.) нэһилиэк общественнай олоҕун сүрүн хамсатааччылара эрэ буолбакка, дьиэ кэргэннэрин олоҕун уйгутун, экономикатын тупсарыыга, сиэн көрүүтүгэр-истиитигэр биир тутаах көмө, үлэһит дьоннор. Эбээлэртэн саамай бастыҥ оҕуруотчутунан, өлгөм үүнүүлээх, быйаҥнаах оҕуруотунан нэһилиэгин дьонун сөхтөрөр хоһуун үлэһит, оҕо сааһыттан үлэ куттаах улааппыт, бу күннэргэ 70 сааһын туолбут Сусанна Анисимовна Семенова буолар. 🥔🫑🥕Сатабыллаах хаһаайка тэлгэһэтэ араас үүнээйилэринэн хараҕы үөрдэр. Быйыл оҕуруотуттан 25 куул хортуоска, 5 куул моркуоп, 3 куул сүбүөкүлэ, 110 киилэ помидор, 35 киилэ физалис, 20 киилэ перец, 170 киилэ кабачок хомуйда. Сиһилии хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр уонна саайтка таҕыста: ⤵️ https://xn--90adptbcs3gya.xn--p1ai/%d2%afle-kuttaah-ho%d2%bbuun-ebe/ @gszetanyurba @ulusmedia