Ытыктабыллаах Чурапчы улууһун олохтоохторо! — 6 сентября 2026 г. в 00:20:48.520
Ытыктабыллаах Чурапчы улууһун олохтоохторо! Чурапчыбыт сайдарын туһугар бииргэ түмсэн үлэлээн-хамсаан кэлбиппит номнуо биллибэккэ биэс сылын туола оҕуста. Бу манна ситиспит кыайыыларбытыгар эһиэхэ барыгытыгар истиҥ махталбын тиэрдэбин. Кэлэр биэс сылга салгыы үлэлииргэ быһаарынан, 33 федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, Чурапчы улууһун баһылыгар бэйэм кандидатурабын туруоруннум. Быыбар иннинээҕи бырагыраамам барылын ситэрэн оҥорууга эһигиттэн этиилэргитин, санааларгытын күүтэбин. Ону бу аллара ыйыллыбыт аадырыһынан балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри ыытыаххытын сөп. Электроннай аадырыс: leprokopieva86@mail.ru Чурапчыбыт күннэтэ сайда турдун! Чурапчы күүһэ - түмсүүгэ!

