Эһиил Хоту Көһөрүллүү 85 сылын туолар. Биһиги хас биирдиибит ол ыар кэмнэри сүрэхпитиг...
Эһиил Хоту Көһөрүллүү 85 сылын туолар. Биһиги хас биирдиибит ол ыар кэмнэри сүрэхпитигэр сөҥөрөн, эбэһэлэрбит-эһэлэрбит ааспыт аас-туор олохторун умнубакка, өйдүү-саныы сылдьар ытык иэстээхпит. Онон бу даатаны өйдөөн-санаан, кэриэстээн ааһар күннэри тэрийиигэ өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа тэриллибитэ. Бэрэссэдээтэлинэн биир дойдулаахпыт, СӨ Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов буолар. Бүгүн ВКС нөҥүө былааннары торумнаатыбыт, сүрүн боппуруостары ырыттыбыт, этиилэрбитин киллэрдибит.