🏆 Спорт сылын биир массовай тэрээһинэ
🏆 Спорт сылын биир массовай тэрээһинэ Дойдуга сүүрүү күнэ "Кросс нации" тэрээһининэн бэлиэтэнэр. Ньурба пааркатыгар бастакы кылаас оҕотуттан аҕам саастаахтарга тиийэ хас да сүүһүнэн киһи муһунна. Улуус нэһилиэктэригэр эмиэ ыытыллар. Тэрээһини 750 м. скандинавскай хаамыынан аҕам саастаахтар саҕалаатылар. Бары баҕалаахтары тэҥэ спорт ветераннара баалларын, этэҥҥэ сылдьалларын көрдөрдүлэр. "Быйыл бары тахсыбыттар", - диэн тэрийээччилэр үөрэ үллэстэллэр. Спорт сыла диэх курдук. Оҕолор, улахан дьон 750, 1300 м. сүүрэллэр. "Ньурба" хаһыат @gazetanyurba @ulusmedia