☀️ Ыһыах – өбүгэлэрбититтэн илдьэ кэлбит үтүө үгэспит. Бэс ыйыгар, айылҕа муҥутаан ситэ... — 18 июня 2026 г. в 09:00:02.651
☀️ Ыһыах – өбүгэлэрбититтэн илдьэ кэлбит үтүө үгэспит. Бэс ыйыгар, айылҕа муҥутаан ситэн-силигилээн турар кэмигэр, Айыы Тойон сиргэ чугаһаан илгэ тыынан түһэрэр, бу кэмҥэ үрүҥ тунах ыһыах ыытыллар үгэһэ үөскээбит. 🌿 Саха киһитэ ыһыахха сылдьан алгыс ылан, арчыланан ыраастанар, айыы аһын – кымыһы иһэн сүрэ иитиллэр, көргө-нарга, оонньууга кыттыһан этэ-сиинэ тэнийэр, сүргэтэ көтөҕүллэр үтүө үгэһэ, ытык күнэ буолар. 🔔 Ыһыахха ыытыллар тэрээһиннэргэ, күрэхтэргэ көхтөөх кыттыыны ылыҥ!

