Ытыктабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун ытык мааны күн күбэй Ийэлэрэ, дьиэ кэргэн эрэнэр эрки...
Ытыктабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун ытык мааны күн күбэй Ийэлэрэ, дьиэ кэргэн эрэнэр эркинэ - амарах Аҕалар! Эһигини Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин салалтатын, педагогическай общественноһын аатыттан Саха сиригэр Ийэ, Россияҕа Аҕа күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит! Бу күн, Дойдубут Президена В. В. Путин ыйааҕынан олохтоммут, дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтөр уонна оҕолору иитиигэ аҕа буолуу суолтатын үрдэтэр сыаллаах Аҕа күнүн үөрүүлээхтик бэлиэтиибит. Саха сиригэр бастакы Президеммит М.Е. Николаев Ыйааҕынан 1993 сылтан Ийэ күнэ бэлиэтэнэр. Хас биирдиибит олоҕор күн күбэй Ийэлэрбит, амарах Аҕаларбыт муҥура суох тапталларынан, кыһамньыларынан угуттанан, дьоллоох оҕо сааспыт умнуллубат кэрэ түгэннэрэ олохпут устата суолдьут сулуспут буолар. "Дьоллоох ыалга - дьоллоох оҕо иитиллэр, такайыллар,"- диэн өбүгэлэрбит мээнэҕэ эппэттэр. Ийэ, Аҕа олоххо оруоллара билиҥҥи дойдуга уустук кэмҥэ хаһааҥҥытааҕар да үрдүк суолталанна, маны биһиги төрөппүттэрбит өйдөөн, оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ муҥутуур болҕомтолорун уураллар, оҕолорун кытта тэҥҥэ үүнэллэр, сайдаллар, кинилэргэ тосхойбут улахан дьоллорун харыстыыллар. Күндү Ийэлэр, амарах Аҕалар, алаһа дьиэбит араҥаччылара, холумтаҥҥыт өрүү сылаас, дьиэ кэргэҥҥит бигэ туруктаах, олоххут уостубат уйгулаах, кэнчээри ыччаккыт кэскиллээх буоллун! Бары ытык Ийэлэргэ, амарах Аҕаларга истиҥ махталбытын биллэрэбит. Хас биирдии киһи олоҕор Иэйэхсит Ийэ, Айыыһыт Аҕа олохпутугар саамай чугас дьоммут, тирэнэр тирэхпит, инникигэ эрэлбит! Күндү Ийэлэр уонна Аҕалар, баҕарабыт Эһиэхэ чэгиэн туругу, уостубат уйгулаах олоҕу! Оҕолоргут, сиэннэргит сылаас сыһыаннарыгар бигэнэн, чөл, чэгиэн сылдьан, дьоллоохтук олорун! "Үөһээ Бүлүү улууһа" МО үөрэҕин салалтатын начальнига, Леонид Огочонов