🍀🌿🍀🌾Үрүҥ тунах Ыһыаҕынан! — 22 июня 2026 г. в 10:12:19.526
🍀🌿🍀🌾Үрүҥ тунах Ыһыаҕынан! Бэс ыйын 21 күнэ — саха дьоно кыһыны этэҥҥэ туораан, айылҕалыын алтыһар, самаан сайыны көрсөр, айыыларга сүгүрүйэр, уйгуну-быйаҥы түстүүр бэлиэ күннэрэ. Ыһыах – саха омук үйэлээх үгэһэ, бараммат баайа, омук быһыытынан уратыта. Саха норуотун төрүт култууратын, историятын уонна духуобунаһын чөл хаалларыы, утумнааһын чаҕылхай туоһута буолар. Үрүҥ тунах ыһыаҕынан! Ил-эйэ салалыннын! Дьол-соргу тосхойдун! Өҥ дьыл буоллун! Чэгиэн доруобуйаны, ситиһиилээх үлэни, этэҥҥэ буолууну уонна табыллыыны!

