Быраас сүбэтэ
Быраас сүбэтэ Минньигэс угаайы: саахар диабетыттан хайдах харыстаныахха сөбүй? 🏥 Саахар диабетын XXI үйэ эпидемията диэн ааттыыллар. Доруобуйа харыстабылын Аан дойдутааҕы тэрилтэтин чахчыларынан, Сир үрдүнэн саахар диабетынан 830 мөлүйүөн кэриҥэ киһи ыалдьар, ахсааннара сыллата үксээн иһэр. 🩺Ыарыы биллиэрбэккэ киһи доруобуйатын сиир уратылаах, тымыры, сүрэҕи, бүөрү уонна хараҕы мөлтөтөр. Бу ыарыы туһунан оройуоннааҕы киин балыыһа эндокринолог-бырааһын Сардаана Юрьевна Шестакованы кытта сиһилии кэпсэттибит. 💊 Тииптэрин булкуйумуохха Саахар диабета диэн дьарҕа буолбут эндокриннай ыарыы, хааҥҥа глюкоза таһымын үрдээһинэ буолар. Ыарыы ноор инсулин гормонун ситэ оҥорон таһаарбатыттан үөскүүр. Диабет икки сүрүн көрүҥнээх. “Инсулинтан тутулуктаах” диэн маҥнайгы тиибигэр киһи этэ-сиинэ аҕыйах инсулины оҥорон таһаарар, эбэтэр отой оҥорбот. Үксүн оҕолор, эбэтэр эдэр дьон ыалдьаллар, олохторун тухары инсулинынан эмтэнэллэр. “Инсулинтан тутулуга суох” диэн иккис тиипкэ инсулин оҥоһуллан тахсарын килиэккэлэр ылыммат, билиммэт буолуулара ааттанар. Үксүн улахан дьон ыалдьаллар, хайдах олороллоруттан, доруобуйаларын туругар сыһыаннарыттан тутулуктаах, хамсаммат буолуу, уойуу манна улахан охсуулаах. Онон диабет иккис тиибин эрдэттэн сэрэтии – бэйэбититтэн тутулуктаах. 💉 Ыарыы бастакы бэлиэлэрэ Саахар диабетын бастакы бэлиэлэригэр күүстээх утатыы, бэлэс хатыыта, чаастатык хабаҕырыы, түргэнник сылайыы, баас оспот буолуута, ыйааһын эмискэ уларыйыыта, илии, атах утуйуута киирэр. Диабет нэһилиэстибэлээн бэриллиэн сөп, уойууттан, хамсаммат буолууттан, сыыһа аһыыртан үөскүүр. Онон тута бырааска көрдөрүнэр тоҕоостоох. Көрдөрүммэт, эмтэммэт түгэҥҥитигэр ыарыы доруобуйаны толору алдьатар кутталлаах. Диабет төрүөтүттэн харах мөлтөөн, ыалдьан устунан көрбөт буолууга тиийиэн сөп, бүөр, тымыр, ньиэрбэлэр үлэлэрэ кээһэнэр, инфаркт, инсульт куттала үөскүүр. Тилэххэ ириҥэлээх баас тахсан, сатаан оспокко, ампутацияҕа тиэрдэр. Сиһилии ⬅️ @gazetaerkeii @ulusmedia