ИЙЭБИН ӨРҮҮТҮН ӨЙДҮҮБҮН...❤️
ИЙЭБИН ӨРҮҮТҮН ӨЙДҮҮБҮН...❤️ Мин ийэм барбыта ыраатта... Киниттэн хаалбыта -- былаата, Бытырыыстаах,көмүстээх, Санаабар,ийэм сыттаах. Былаатын бүрүнэн, киэргэнэн ылара, Аргыыйдык бэрт намыын ырыатын ыллыыра -- Былыты быыһынан ый хайдах устарын, Доҕорун,долгуйа,кыыс оҕо күүтэрин. Оҕолор элбэхпит,эмдэй-сэмдэй сэттэбит. Хаспытын тоторон,хаспытын утутан, Хаспытыгар ийэкээммит Итии тапталын иҥэрэн - Бу күҥҥэ бу санаан ыллаҕым, Ийэбин өрүүтүн өйдүүбүн. 🔅🔆🔅 Амма Даайыс✒️ @amma_olo5o @ulusmedia