Ыам ыйын 19 күнэ – дойду үрдүнэн Пионерия күнэ 🚩Билигин оҕо, ыччат түмсүүтүн күнэ!
Ыам ыйын 19 күнэ – дойду үрдүнэн Пионерия күнэ 🚩Билигин оҕо, ыччат түмсүүтүн күнэ! Бүгүн Ил Түмэн дьиэтигэр саамай көхтөөх лиссиэй оҕолоро экскурсияҕа сырыттылар. Ол курдук быйыл 20 лиссиэйбит түмэр күүһүн - активын (правительство, парламент, Күн, Ойкумена уонна орто сүһүөх кылаастар тумус үөрэнээччилэрэ) оҕолорун 16:30 ч. ыҥыран Ил Түмэн үлэтин,историятын кэпсээтилэр, музейын көрдөрдүлэр, викторина оонньоттулар. Оҕолорбут олус астынан, элбэҕи билэн кэллилэр👏🏼👏🏼👏🏼