✅Быһааран кэпсэтиҥ: Оҕоҕо уот оонньуур тэрил буолбатаҕын, баһаар туохтан тахсыан сөбүн ... — 29 июня 2026 г. в 07:06:21.237
✅Быһааран кэпсэтиҥ: Оҕоҕо уот оонньуур тэрил буолбатаҕын, баһаар туохтан тахсыан сөбүн куруук өйдөтөн, быһааран биэриҥ. 🚨 Баһаар таҕыстаҕына оҕо тугу билиэхтээҕий? Дьиэҕэ саһымаҥ! Баһаар кэмигэр оҕолор куттанан орон анныгар эбэтэр шкаф иһигэр саһар уратылаахтар. Бу олус кутталлаах. Оҕо тута тас диэкки куотуохтаах. Уоту көрдөр эрэ эбэтэр буруо сытын ылла да — тута таһырдьа сүүрэн тахсыахтаах уонна улахан дьоҥҥо, ыалларыгар биллэриэхтээх. 📞 Төлөпүөннэр (Баһаар буоллаҕына тута биллэриҥ): 101 — Баһаары умуруорар сулууспа. 112 — Быыһыыр сулууспа биир кэлим нүөмэрэ. "Нам улууһа” МО пресс – сулууспата

