Биһиэхэ араас партия баар ди. — 20 августа 2026 г. в 09:13:50.018
Биһиэхэ араас партия баар ди. Бу ыарахан биримэҕэ бары биир буолуохтаах этибит буоллаҕа. Партиялар эмиэ. Өстөөҕү кыайар сыаллаах. Өскөтүн сибилигин билигин былаас уларыйдын туох хайдах буолуо ди саныыгыт. Барыта хаттаан саҕаланар. Ас таӈас мэлийиэ. Үп сүтүө. 90 сыллардааҕар дьаабы олох кэлэр буоллаҕа. Тас дойдулар дьэ харса суох сэрииннэн түһэллэр буоллаҕа. Дойду мөлтүүрүн кэтэһэн эрэ олороллор. Мин санаам итинник. Киһи барыта тус туһунан санаалааҕа чуолкай буоллаҕа. Тас дойдулар билигин төһө абараллара биллибэт 90 сыллар кэнниттэн үлдьү сэриилээн ылбакка хааллыбыт диэн. Оччолорго сэриибит да сэбэ суоҕа. Сэриилэһэр армиябыт да суоҕа. Билигин сэрии сэбэ баар армич баар. Ол тохтотор тас дойдуну. Хохуолларынан киирэн сэриилии сатыы олороллор. Сэриибит сэбэ биһиэнэ күүһүрэн эрэр ээ. Аҕыйах сылынан сэрии дьалхаан бүттэҕинэ дьэ үчүгэй олох кэлиэ. Уларытыы бөҕө киириэ. Сир баайын дьон кыһалҕатын атыннык уларытыахтара. Онно ити элбэх баҕайы партиялартан этии киирэн сокуон уларыйа. Партиялар былааһы утарыыга диэн буотах буоллаҕа. Сөптөөх этии киллэрэн сокуоӈӈа эбии киллэрэн олоҕу тупсарыыга диэн ди саныыбын. 2000 сыллартан бэттэх кэлэн наһаа куһаҕана суох олоробут. Дьон кыһалҕата биир икки сылынан бүтэн хаалбат буоллаҕа. Сайдыы баран истэҕин аайы ирдэбил элбээн иһэр. Ол тухары сокуоӈӈа уларытыылар киирэн иһэллэр. Бэйэм санаам. Бу этиибэр хардаран мин ааппар суруйумаӈ төттөрү ыытан. Бэйэҕит санааҕытын суруйуӈ ээ миигин утаран туох туһа кэлиэй. Сокуон да буотахпын, былаас да буотахпын. Мин санаам диэн ЕР өстөөҕү кыайдын, үчүгэй олох кэллин диэн.✊ политик , куолуһут буотахпын, онно үөрэҕим да суох куолулуур. Бу ыарахан куһаҕан бириэмэҕэ улахан уларыйыы тахсыбатар эрэ диэн билиӈӈи былаас тиһэҕэр тиэртин. Николай Степанов

