#Айылҕа харыстабыла
#Айылҕа харыстабыла 🌿Кэлэр көлүөнэҕэ күөх айылҕа хааларын туһугар Күһүн — булт-алт, сир аһын хомуйар кэм. Судаарыстыба бигэргэппит уурааҕынан, билигин улахан кыылга бултааһын болдьоҕо арыллан турар. Онон Халыма эр дьоно, өбүгэ саҕаттан иитиллэн кэлбит үгэһин сиэринэн, ким өрүһүнэн, ким сиринэн үөрэ-көтө бултуу-алтыы айанныыр. Ол эрэн үйэ ирдэбилинэн, айылҕа сокуоннаах, булт быраабылалаах. Маны билэр уонна тутуһар эрэ буоллахха, баай байанайдыын алтыһар, киэҥ тайҕаҕа үктэнэр - көҥүллэнэр! Булт–алт сокуонун, тулалыыр эйгэ харыстабылын туһунан, өссө биирдэ, Айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтин начаалынньыгын Владислав Третьякову уонна «Торооску» ураты харыстанар территория судаарыстыбаннай иниспиэктэрин Василий Попову кытта көрсөн кэпсэттибит. Киһи билбэтигэр мэктиэ, сүбэ элбэх...