Ытыктабыллаах Мэҥэ Хаҥалас улууһун эбии үөрэхтээһин педагогтара, үлэһиттэрэ!
Ытыктабыллаах Мэҥэ Хаҥалас улууһун эбии үөрэхтээһин педагогтара, үлэһиттэрэ! Эһигини идэлээх күҥҥүтүнэн ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит! Оҕо-аймах айар дьоҕурун уһугуннарар, сатабылын сайыннарар уонна олоххо бэйэ суолун буларыгар күүс-көмө буолар улахан оруоллааххыт. Оҕо бэйэтин илиитинэн оҥорон, айан таһаарар үөрүүтэ, харахтарын уота— бу эбии үөрэхтээһин саамай үрдүк ситиһиитэ буолар. Илии үлэтинэн дьарыктаныы — бу улахан сатабыл уонна айар кут дьүөрэлэһиитэ буолар. Оҕолору иистэнэргэ, туойунан, маһынан уһанан, уруһуйдуурга, саҥаттан саҥаны оҥорорго үөрэтэр, уһуйар улахан сыралаах үлэ. Эһиги көмөҕүтүнэн оҕолор айар дьоҕурдара, кыахтара арыллар. Күн бүгүн биһиги оҕолорбут, педагогтарбыт улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ, дойдуга ситиһиилэринэн, үрдүк көрдөрүүлэринэн үөрдэллэр. Күндү педагогтар, эбии үөрэхтээһин эйгэтин үлэһиттэрэ! Бүгүҥҥү үөрүүлээх күнүнэн баҕарабыт эһиэхэ кылтан кынаттанан, сиэлтэн ситимнэнэн үүнэн-чэчирээн, маастарыстыбаҕыт үрдээн, айар-тутар дьоҕургут сайдан, саҥа үктэллэри, кытаанах доруобуйаны, уонна саҥа интэриэһинэй бырайыактары! Илиигит сылааһа уостубатын, айар дьоҕуругут өссө үрдээн истин, сыралаах үлэҕит сыаналана, иитиллээччилэргит ситиһиилэрэ үөрдэ-көтүтэ турдуннар! Дьиэ кэргэҥҥитигэр өйдөһүү, дьол этэҥҥэ буолуу куруук баар буоллун! Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕириигэ салалтатын начальнига Ирина Михайловна Плотникова Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэх үлэһиттэрин идэлээх союһун бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Михайлович Скрябин