🌿 Күндү Чурапчы нэһилиэгин олохтоохторо! Үөрүү-көтүү аргыстаах *"САЙЫЛЫК КҮНЭ"* дьоро ... — 13 мая 2026 г. в 23:49:00.922
🌿 Күндү Чурапчы нэһилиэгин олохтоохторо! Үөрүү-көтүү аргыстаах *"САЙЫЛЫК КҮНЭ"* дьоро тэрээһиҥҥэ ыҥырабыт! 🗓️ Буолар күнэ: 21.05.2026г. 🕑 Бириэмэтэ: 14:00ч. 🔴 Буолар сирэ: П.Е.Барахсанов аатынан сынньалаҥ паарката. 🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿 _*"Сайылык күнэ" – Ньукуолун күнүн бэлиэтиир тэрээһин барыла:*_ 🟢 Эҕэрдэ кэнсиэр – "Ырыабыт, үҥкүүбүт Ньукуолун күнүгэр!" И.И.Кандинскай аатынан «Айыллаан» култуура киинин иһинэн үлэлиир кружоктар кэнсиэрдэрэ! 🟢 Кус сиэһин – "Минньигэс сандалы!" 🟢 Күрэхтэр: • Уһун суһуох – «Кэрэ киэргэл, саха кыыһын муудараһа» • Кус үргээһинэ – «Сайылык олоҕун түргэн дьарыга» • Сиидэс ырбаахы «Иис үлэтин кылааннааҕа» • Оҕолорго көрдөөх оонньуулар – «Күүс, дьоҕур, сайдыы» 🟢 Эстафета – «Сайылыкка киирии» • Биэдирэлээх сүүрүү – «Сыыдам хамсаныы, эти-хааны эрчийии» • Тамыйах быатын баайыы – "Уус илии, сытыы өй" • Бөтүөн соһуу – "Күүс-уох, дьулуур бэлиэтэ" • Сэппэрээтэр хомуйуу – "Билгэ өй, сатабыллаах илии" • Күөрчэх ытыйыы – "Минньигэс күөрчэх, алаһа дьиэ иэйиитэ” 🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿

