Ыам ыйын 18 күнүгэр, нэһилиэкпитигэр «Ытарҕалаах үрэх» күнүн бэлиэтиир тэрээһин буолан ... — 18 мая 2026 г. в 07:23:50.211
Ыам ыйын 18 күнүгэр, нэһилиэкпитигэр «Ытарҕалаах үрэх» күнүн бэлиэтиир тэрээһин буолан ааста. Майатааҕы «Кэнчээри» оҕону сайыннарар киин араас экологическай хайысхалаах оонньуулары, аралдьыйыылары тэрийдэ. Оҕолорго «Үрүйэчээн умсулҕаннаах айана» ойуулук көрдөрөн, флешмоб ыытан, «Ытар5алаах» гимнын ыллатан сэргэх тэрээһин ааста. Улахан уонна бэлэмнэнии бөлөх оҕолоро биир хамаанда буолан станциянан ыытыллыбыт оонньууга «КЫЛААН ЧЫПЧААЛ» буолары ситистилэр. О5олорбутугар, бэлэмнээбит иитээччилэргэ, тэрийбит бөлөххө эҕэрдэ, улахан махтал.🌿🌊

