Бүгүн биһиги Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүн бэлиэтээтибит. Бу үөрүүлээх күнү көрсө, д... — 15 мая 2026 г. в 12:22:52.851
Бүгүн биһиги Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүн бэлиэтээтибит. Бу үөрүүлээх күнү көрсө, дьиэ кэргэттэрбитин кытта бииргэ алтыһар, оонньуур, үөрэр-көтөр, бэйэ-бэйэбитин өссө чугастык билсэр сыаллаах, бэрт сэргэх квест-оонньууну тэрийдибит. Оонньуу иннинэ «Незабудка» бэлэмнэнии бөлөх ырыа ыллаатылар. Оонньуу хас биирдии түһүмэҕэр дьиэ кэргэттэрбит араас тургутуулары аастылар: оонньоотулар, үҥкүүлээтилэр, билиилэрин тургуттулар. Педагогтарбыт хас биирдии түһүмэҕи олус интэриэһинэйдик, толкуйдаахтык бэлэмнээн, дьиэ кэргэттэрбитигэр умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтилэр. Хас биирдии кыттааччыга, ситиһиилэрин иһин, бэлэхтэр туттарылыннылар. Тэрээһиммит түмүгэр бары бииргэ ыллаатыбыт, үҥкүүлээтибит уонна дьиэ кэргэн — бу биһиги саамай күндү баайбыт, тирэхпит уонна эрэлбит буоларын өссө төгүл бигэргэттибит. Дьиэ кэргэттэрбитигэр чөл туругу, иллээх-эйэлээх олоҕу, дьолу-соргуну баҕарабыт! Хас биирдиигитигэр таптал, өйдөһүү уонна өйөбүл баар буоллун!🤩🥰❤️

