🎊"Мичээр" улахан бөлөх о5олоругар "Дьиэ кэргэн" нэдиэлэтэ буолан ааста. Бу оҕолорго са...
🎊"Мичээр" улахан бөлөх о5олоругар "Дьиэ кэргэн" нэдиэлэтэ буолан ааста. Бу оҕолорго саамай чугас, истиҥ дьоннорун сыаналыырга, таптыырга уонна кинилэринэн киэн туттарга үөрэтэр анал тэрээһин буолла. Бу нэдиэлэ сүрүн сыала — оҕоҕо дьиэ кэргэн өйдөбүлүн иҥэрии уонна хас биирдии чилиэн оруолун билиһиннэрии. 😍Ол чэрчитинэн о5олор "Дьиэ кэргэн" гербэтин оҥорон киэн тутта кэпсээтилэр. Герб-бу дьиэ кэргэн уратытын, кини үгэстэрин, сөбүлүүр дьарыгын уонна күүстээх өрүттэрин көрдөрөр анал бэлиэ. Ба5арабыт, хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну! 😍👏🏼👍🏼