Оҕо эрдэхтэн сайыннарыахха — 13 мая 2026 г. в 06:49:07.975
Оҕо эрдэхтэн сайыннарыахха Билигин аныгы оҕону иитиигэ саха остуолун оонньуулара олус көмөлөөхтөр, табыгастаахтар. Ол курдук остуол оонньууларын оонньоотоҕуна, эрчийдэххэ оҕо эрдэхтэн харах уонна илии кыра былчыҥнарын, этэ-сиинэ, өйө-санаата, болҕомтото, тулуура, дьулуура сайдарыгар тирэх буолар. Бастыҥ оонньуулартан биирдэстэрэ ХАБЫЛЫК буолар. Дьокуускай куорат оҕо уһуйааннарын төрүт остуол оонньууларын күрэҕин түмүгүнэн. Хабылык көрүҥэр Афанасьева Күннэй – I миэстэ (6-7 саастаах кыргыттарга) «Имигэсчээн илиичээннэр» куруһуок иитиллээччитэ. Истиҥ эҕэрдэ, кыайыы көтөллөөх, дьулуур аргыстаах Күннэйгэ! Киэн туттабыт, холобур буолаҕын, өссө үрдүк ситиһиилэри! Куруһуок салайааччыта СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин туйгуна Захарова Анна Елисеевна #МБДОУ82Мичээр #ГодКультуры #100летСтоличномуОбразованию #ГодДошкольногоОбразованияРоссийскойФедерации

