Бэс ыйын 9 күнэ - Доҕоттор күннэрэ! — 8 июня 2026 г. в 23:53:18.858
Бэс ыйын 9 күнэ - Доҕоттор күннэрэ! Күндү доҕотторбутун бу бэлиэ күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит!👏👏👏 Доҕордуу буолар үчүгэй, доҕор буолар өссө ордук😉 Ким доҕордоох - ол дьоллоох!🤗 -Дьиҥнээх доҕор диэн кимий? -Дьиҥнээх доҕор диэн - олох устун булбут аймахпыт. Кини ыарахан түгэннэргэр, эйиигин өйдүүр, төһө кыах баарынан өйүүр. Эн үөрэр түгэннэргэр, эйиигин кытары тэҥҥэ үөрэр. Кыһалҕатын барытын кистээбэккэ кэпсиир. Эйиигин кэннигиттэн үөхпэт, куһаҕаны саҥарбат. Эйиэхэ маннык доҕордоох буоллаххына, сыаналаа, харыстаа, сүтэримэ. Доҕотторо суох, олох суолтата суох. ♥️

