Улуу Кыайыы 81 сылынан! — 9 мая 2026 г. в 03:18:57.259
Улуу Кыайыы 81 сылынан! Улуу Кыайыы күнэ – элбэх омуктаах норуот сүдү күүһүн уонна модун санаатын кэрэһитэ буолар. Россия олохтоохторун сомоҕолуур ытык бырааһынньыкка аан дойдуга эйэни уонна көҥүл олоҕу түстээбит аҕа көлүөнэ дьон үтүө ааттарыгар, холооно суох хорсун быһыыларыгар сүгүрүйэбит Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар тыынын билбэтэх саха ыала суох. Саха сирин олохтоохторо, оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ, Кыайыы туһугар күүстээх үлэҕэ туруммуттара. Сэрии сылын оҕолоро ол уоттаах сэрии аҕалбыт эрэйин-муҥун эрдээхтик тулуйан, сэрии кэннэ дойдубутугар эйэлээх олох тγстэнэригэр бэриниилээхтик үлэлээн-хамсаан, саҥа олоҕу туппуттара, туругурдубуттара. Сэрии оҕолоро, γлэ бэтэрээннэрэ Люция Егоровна, Егор Иванович Назаровтарга сэмэй бэлэхтээх, ырыа кэhиилээх тахсан Улуу Кыайыы кγнγнэн эҕэрдэлээн киирдибит. Килбиэннээх үлэҕит иһин эһиэхэ сүгүрүйэбит, махтанабыт! Кγндγ дьоммут,эһиэхэ баҕарабыт чөл туругу, нус-бааччы уһун олоҕу, ыраас халлааны, эйэни, этэҥҥэ буолууну!

