Улуу Кыайыы күнүн уруйдаатыбыт! ✨ — 8 мая 2026 г. в 07:32:51.432
Улуу Кыайыы күнүн уруйдаатыбыт! ✨ Бүгүн, ыам ыйын 8 күнугэр.Улуу Кыайыы күнүн бэлиэтээтибит. Бу күн биһиги уһуйааммыт оҕолоро Кыайыы болуоссатыгар сүргэлэрин өрө көтөҕөн бэлиэтээтилэр. Оҕолорбут бу күн уратытык долгуйан, бэлэмнэммит ырыаларын ыллаатылар, үөрүүлээх үҥкүүлэрин үҥкүүлээтилэр. Кинилэр дьоллоох олох туһугар бэйэлэрин олохторун толук уурбут буойун-дьонноругар махталларын сибэкки ууран биллэрдилэр. Оҕолорбут кыра сүрэхтэригэр Улуу Кыайыы улуу өйдөбүлүн, эйэлээх олох сыанатын иҥэрэбит. Кинилэр кэнчээри ыччат буолан, бу кэрэ Сири-дойдуну харыстыыр, үүннэрэр-сайыннарар дьоллоох дьон буолуохтара! Улуу Кыайыы күнүнэн барыгытын өссө төгүл эҕэрдэлиибит! Эйэ халлаан аннынан дьоллоохтук олоруоҕуҥ! #КыайыыКүнэ #9ЫамЫйа #Колокольчикуһуйаан

