Оҕону сайыннарар оонньуурдар.
Оҕону сайыннарар оонньуурдар. Оонньуу нөҥүө оҕо үөрэҕи ылыныыта ордук табыгастаах, бэйэтэ өйүнэн, тутан-хабан, билиини көрдөөн туран үөрэниэхтээх. Ханнык баҕарар оонньууну элбэх буолан оонньуур ордук кэрэхсэбиллээх. Онтон тахсар оҕо бэйэ бэйэни кытта бодороһуута, хамаанданан үлэлииргэ сыһыана. Аныгы тэтимнээх үйэҕэ “лего”, “робот”, “steam” оонньуунан хас биирдии оҕо дуоһуйа оонньуур, астына дьарыктанар. Ханнык баҕарар оонньуу иитэр-үөрэтэр ис хоһоонноох буолар. Бу оонньуурдарынан оҕолор ордук сэргээн оонньууллар. Күн аайы оҕону сэргэхситэр араас көрүҥнээх оонньуу көмөтүнэн оҕо толкуйдуур дьоҕурун, өйүн-санаатын, этин-сиинин, тарбах былчыҥнарын сайыннарабыт. Бу курдук оҕолор мындыр толкуйдаах, барыга бары дьоҕурдаах, сэргэх буолаллар, оҥорбут үлэлэрин сэргии көрөллөр, онтон үөрэллэр, түмүк таһаараллар. Оонньуу нөҥүө оҕо ахсааны, өҥү билэр, предмети тэҥнээн көрөр, ааҕар-суоттуур буолар. Онон араас хабаннаах оонньуу оруола оҕо толору сайдыылаах буоларыгар сүрдээх улахан. Биһиги уһуйааҥҥа директор Надежда Степановна оҕо сайдыытыгар улахан болҕомто уурар, оҕоҕо сөптөөх усулуобуйа тэрийэр, сылын аайы үлэлиир бырагыраамаҕа олоҕуран оҕо сааһын учуоттаан оонньуурдарынан хааччыйар. Оҕоҕо айылҕаттан бэриллибит билиэн-көрүөн, тутуон-хабыан, боруобалаан көрүөн баҕатын симэлитэн кэбиспэккэ, сайдар кыаҕын көҕүлээн, бары өттүнэн сайдыылаах буоларыгар төрөппүт көмөтө улахан. Оҕо оонньуу нөҥүө өйө-санаата, этэ-хаана, сиэрэ-майгыта сайдар. Төрөппүт эмиэ онно сөптөөх усулуобуйаны дьиэҕэ тэрийиэхтээх. Оҕо оонньуу нөҥүө чэпчэкитик, түргэнник ылынар, үөрэнэр, өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэрэрин туһугар бары түмсүүлээхтик үлэлиэххэйиҥ. Эбии үөрэхтээһин педагога Николаева Р.И.