МБДОУ детский сад №3 «Малышок» Цифровое просвещение для родителей «Ньургуһун»
Лайфстайл · 8 мая 2026 г.
Сылаас санаа, сэмэй бэлэх — Кыайыы күнүнэн! 💐 — 8 мая 2026 г. в 09:38:32.517
Сылаас санаа, сэмэй бэлэх — Кыайыы күнүнэн! 💐 Кырдьаҕастарбытыгар уонна бэтэрээннэрбитигэр болҕомто ууруу — биһиги ытык иэспит, кэнчээри ыччакка бэриллиэхтээх үтүө холобурбут буолар 🙌🏻🥰 Биһиги уһуйааммыт кэлэктиибэ Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлээн, ытык кырдьаҕастарбытыгар уонна бэтэрээннэрбитигэр сэмэй бэлэхтэри туттардыбыт. Бу бэлэх — биһиги ис сүрэхтэн махталбыт, кинилэр хорсун быһыыларын уонна эйэлээх олоххо киллэрбит кылааттарын иһин ытыктабылбыт бэлиэтэ. Кырдьаҕастарбытыгар чэгиэн доруобуйаны, уһун үйэни, ыраас халлааны баҕарабыт! Махтал, күндү кырдьаҕастарбыт! 🙏✨

