Күлүү уонна үөрүү күнэ!🌸 — 1 апреля 2026 г. в 10:47:26.300
Күлүү уонна үөрүү күнэ!🌸 Бүгүн, муус устар 1 күнүгэр, биһиги уһуйааммытыгар Уйулҕа ыйын чэрчитинэн олус көрдөөх бырааһынньык буолан ааста! Биһиги оҕолорбутугар күлүүлээх доҕордуулар — Веснушка уонна Тимоша — кэлэн ыалдьыттаан, дьээбэ-хообо күнүн сэргэхтик атаардылар. Күлүү-оонньуу, ырыа-үҥкүү, араас дьээбэ-хообо оҕолорбутугар үгүс үөрүүнү бэлэхтээтэ. Күндү оҕолорбут, куруук маннык күлэ-үөрэ, дьоллоохтук сылдьыҥ! Сүргэҕит куруук өрө көтөҕүллүүлээх буоллун! 😊✨

