Улахан - бэлэмнэнии бөлөххө иитээччи Новикова Т. В. оҕолорго анаан бэсиэдэ - презентаци... — 12 мая 2026 г. в 03:52:07.431
Улахан - бэлэмнэнии бөлөххө иитээччи Новикова Т. В. оҕолорго анаан бэсиэдэ - презентация ыытта "Үүнээйи уонна кини суолтата". Оҕолор бэйэлэрэ үүннэрбит сибэккилэрин көрөллөр - истэллэр, харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллар. "Саха сирин үүнээйилэрэ уонна мастара" энциклопедиялары интэриэһиргээн көрдүлэр. Уһуйаан тула үүнэн турар талахтарга уонна мастарга ырааһырдыы үлэтин ыыттылар. Уһуйаантан саҕалаан оҕолору айылҕаны харыстыырга иитэбит.

