МБДОУ «Детский сад «Сайыына» с.Кэнтик, Верхневилюйский улус
Лайфстайл · 12 апреля 2026 г.
Уол оҕо күнүнэн! 🏹🏔️
Уол оҕо күнүнэн! 🏹🏔️ Бүгүн Сахабыт сиригэр Уол оҕо күнэ бэлиэтэнэр. Уол оҕо — саха итэҕэлигэр төрүөтү салҕааччы, аҕа ууһун тутаах киһитэ, кэлэр кэскилбит тирэҕэ. Уол оҕо кута-сүрэ күүстээх, санаата кытаанах, тулуурдаах буола улааттын! Кини — айылҕа маанылаах булчута, дьиэ кэргэнин эрэллээх хаххата. Оҕолорбут үөрэххэ-билиигэ дьулуурдаах, үлэҕэ-хамнаска көхтөөх, чиэһинэй уонна хорсун буоллуннар! Дьоллоох оҕо сааһы, сырдык инникини! 🙌