МБДОУ «Детский сад «Сайыына» с.Кэнтик, Верхневилюйский улус
Лайфстайл · 4 ноября 2026 г.
Күндү Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!
Күндү Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо! Бүгүн, сэтинньи 4 күнүгэр, биһиги бары Норуот сомоҕолоһуутун күнүн бэлиэтиибит. Бу бырааһынньык – Арассыыйа киэҥ нэлэмэн сиригэр 195 араас норуот эйэлээхтик олорон, биир сомоҕо буоларын бэлиэтэ. Биһиги дойдубут араас култууралаах, тыллаах, итэҕэллээх норуоттары түмэр. Хас биирдии норуот бэйэтин ураты суоллаах-иистээх, уһун устуоруйалаах, кэрэ үгэстэрдээх. Ол эрээри, биһиги бары – Арассыыйа норуотабыт. Биһигини биир дойдуга таптал сомоҕолуур Быйылгы сыл Арассыыйа үрдүнэн Норуоттар сомоҕолоһууларын сыла диэн биллэриллибитэ – биһиги бары сомлҕолоһуубут күүһүн өссө төгүл саната турар. Биир сомоҕо буоллахпытына эрэ ханнык баҕарар ыарахаттары туоруохпут, үрдүк сыаллары ситиһиэхпит. Бу кэрэ бэлиэ күҥҥэ эһиэхэ барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну, дьиэ кэргэҥҥитигэр эйэлээх, уйгулаах олоҕу баҕарабын. Үүнүөххэ-сайдыахха, эрэллээхтик кэскиллээх олоҕу түстүөххэ. Эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга В. В. Николаев #НоруотСомоҕолоһуутунКүнэ #ДеньНародногоЕдинства