МБДОУ ДС "Солнышко" с.Крестях МР "Сунтарский улус (район)" РС(Я)
Образование · 15 мая 2026 г.
Күндү Сунтаар улууһун олохтоохторо! — 15 мая 2026 г. в 02:42:28.148
Күндү Сунтаар улууһун олохтоохторо! "Сунтаар улууһа (оройуона)" муниципальнай оройуон дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан барыгытын Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу кэрэ күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Киһиэхэ саамай күндү баайа - дьиэ кэргэнэ. Хас биирдии киһи сиргэ төрөөн ийэ-аҕа уостубат тапталын билэн, алаһа дьиэ тэринэн, төрүүр оҕону төлкөлөөн, удьуору тэнитэн, сирдээҕи дьолу билэбит. Дьиэ кэргэн – бу хас биирдии киһи олоҕун тирэҕэ, таптал, өйөбүл, итэҕэл, истиҥ сыһыан, тус бэйэтин олоҕун төрүтэ буолар. Кини биһиги уопсастыбабыт сүрүн төһүү күүһэ, дойдубут кэскилэ буолар. Дьиэ кэргэҥҥэ оҕолорбут үөрэнэллэр, киһи буола улааталлар, аҕаларыттан, ийэлэриттэн төрүт үгэстэри, сиэри-туому ылыналлар. Ол иһин дьиэ кэргэн сыаннастарын харыстааһын, бөҕөргөтүү биһиги барыбыт ытык иэспит. Сунтаар улууһугар ыаллары, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри, эдэр ыаллары өйөөһүҥҥэ улахан болҕомтону уурабыт. Олохпутугар хас биирдии дьиэ кэргэн дьоллоох буоларын туһугар үлэлиибит. Эһиги, күндү дьиэ кэргэттэр, биһиги улууспут сайдыытыгар, кини чэлгийэ чэчирииригэр улахан кылааты киллэрэҕит. Күндү дьонум-сэргэм! Бу сааскы күҥҥэ эһиэхэ чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу-соргуну, өйдөһүүнү, этэҥҥэ буолууну уонна туруоруммут сыалгыт туоларыгар баҕарабыт! Алаһа дьиэҕит куруутун сылааһынан угуттаатын, тапталынан, оҕо күлүүтүнэн туоллун. Оҕолоргут, сиэннэргит саҕалаабыт дьыалаҕытын салҕаан, саҥа кыайыыларынан үөрдэ турдуннар! Дьиэ кэргэн, үйэлээх таптал, бэриниилээх буолуу – ытык анал, дьоллоох олох төрдө буола турдун! Сунтаар улууһун баһылыга А.В. Григорьев.

