Күндү иһирэх ийэлэрбитин, эрэллээх аҕаларбытын Ийэ уонна Аҕа күннэринэн ис сүрэхпититт...
Күндү иһирэх ийэлэрбитин, эрэллээх аҕаларбытын Ийэ уонна Аҕа күннэринэн ис сүрэхпититтэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Ийээ, эн — дьиэҕэ иһинээҕи күн, сылаас тыал, дууһабыт ырыата. Эн мичээргинэн күн саҕыллар, илииҥ сылааһынан барыбыт санаата бөҕөргүүр. Эйиэхэ анаммыт хас биирдии «махтал» диэн тыл — бу биһиги тапталбыт❤️ Аҕаа, эн — биһиги дурдабыт-хаххабыт, модун тирэхпит. Эн куоласкынан — уоскуйабыт, эн сүбэҕинэн — иннибит диэки хардыылыыбыт. Эн баар буолаҥҥын биһиги бэйэбитин харысхаллаахтык сананабыт.🙌🏻 Тапталгыт уота хаһан да умуллубатын, алаһа дьиэҕит мэлдьи сылаас, улахан дьол уйата буоллун! Эһиэхэ сүгүрүйэн туран, сиргэ тиийэ бокулуон! Уһун дьоллоох олоҕу! 🌞🙏