МБОУ "Антоновская СОШ им. Н.Н. Чусовского" Нюрбинского района
Образование · 3 сентября 2026 г.
Балаҕан ыйын 3 күнэ — Иккис аан дойдутааҕы сэрии түмүктэммит уонна Милитаристскай Япони... — 3 сентября 2026 г. в 06:40:11.810
Балаҕан ыйын 3 күнэ — Иккис аан дойдутааҕы сэрии түмүктэммит уонна Милитаристскай Японияны кыайыы күнэ! 🌟 Бу күн — бүтүн киһи аймах устуоруйатыгар саамай хааннаах, ыар сэрии муҥутуур улуу Кыайыынан уонна эйэ олохтонуутунан түмүктэммит ытык күнэ. 1945 сыллаахха ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Укааһынан бу дата Кыайыы күнүнэн биллэриллибитэ. Бу улуу күн Саха сирин хас биирдии ыалыгар быһаччы сыһыаннаах: тыһыынчанан саха буойуттара хорсуннук сэриилэспиттэрэ. Кинилэр хоодуот быһыылара, тулуурдара уонна Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуулара үйэлэргэ умнуллубат! Бүгүн биһиги сэрии бэтэрээннэригэр, тыыл үлэһиттэригэр уонна сэрии сылын оҕолоругар муҥура суох махталбытын аныыбыт. Кинилэр хорсун быһыылара — биһиги киэн туттуубут! Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ чуумпу, эйэлээх халлааны, чэгиэн туругу, дьолу уонна ситиһиилэри баҕарабыт! #Росдетцентр #навигаторыдетства #ПоСледамПобеды

