"Уран тыл абылаца" куруhуок иитиллээччилэрэ Ийэ Кунунэн э5эрдэ хоьоонноро📜
"Уран тыл абылаца" куруhуок иитиллээччилэрэ Ийэ Кунунэн э5эрдэ хоьоонноро📜 Ийэлэр Ийэлэрбит олус үчүгэйдэр Ийэ диэн күндү дьоннор, Ийэлэрбит биһигини таптыыллар, Ийэ мөҕөрө да олус үчүгэй, Ийэлэрбит биһигини сөбүлүүллэр. Ийэлэргэ махтанабыт Ийэлэри харыстыыбыт. 👧🏻Алексеева Самаана, 7 кылаас Ийэ күндү күн Мин ийэм күндү күн Миигин тымныыттан харыһыйар Күнү- дьылы сылытар. Мин ийэм күндү күн Мичээри, дьолу бэлэхтиир Күн аайы үөрүүнү биэрэр. Мин ийэм күндү күн Миэхэ олоҕу бэлэхтээн Көрдөрдө күн сирин, тапталы. 👧🏻Степанова Дарина, 8 кылаас Ийэ Ийэ диэн ийэ буоллага, Ийэттэн күндү суох олоххо, Ийэ баар дьол баар олоххо, Ийэ баар күн баар олоххо, Ийэ барахсаны таптыаҕыҥ бу олоххо. 👧🏻Аввакумова Далаана, 8 кылаас Ийэбэр Ийэм баар буолан бу күн сирин көрбүтүм. Ийэ буолан олох баар. Кини сылаас илиитэ уонна үтүө тыла биһигини куруук дьоллуур. Мин ийэбин олус таптыыбын, киэн туттабын. 👧🏻Павлова Сайнаара, 7 кылаас Ийэм Мин ийэм саамай тапталлаах киһим буолар, Күндү ийэбэр уһун олоҕу, улахан доруобуйаны уонна ийэбэр барыта үчүгэй буоллун. 👧🏻Петрова Элина, 7 кылаас