Муус устар 3-4 күннэригэр Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи 25... — 5 апреля 2026 г. в 06:05:58.876
Муус устар 3-4 күннэригэр Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи 25-с юбилейнан СахаКВН оҕолор оонньулара буолан аастылар. Барыта 8 хамаанда кэлэн 4 түһүмэҕинэн күрэхтэстилрэ. Күрэх түмүгэ маннык таҕыста: 1 миэстэ-Татта 2 миэстэ-Уус Алдан 3 миэстэ - Муома Мэҥэ Ханалас улууһун көмускээтилэр биһиги оскуолабыт оҕолоро "Чиккэстэр" КВН хамаандата уонна "Наара суох" анал аат хаһаайыттара буоллулар. Быйыл "Чиккэстэр" хамаанда саҥа састааптаах кытынна. Сал. Тимофеев Николай Павлович Оҕолорбутугар уонна салайаачытыгар инникилэригэр ситиһиини баҕарыаҕын🙌🏻

