Чуукаар оскуолатын оҕолоро саас буолан көмө-имэ үлэтин саҕалаатылар. Каникул инниттэн о...
Чуукаар оскуолатын оҕолоро саас буолан көмө-имэ үлэтин саҕалаатылар. Каникул инниттэн оҕолорбут элбэх хаар үлэтин оҥордулар. Ол курдук педагогическай үлэ бэтэрээннэрин Клавдия Сергеевна, Любовь Алексеевна, Мария Аполлоновна тиэргэннэрин хаарын ыраастаан, суолларын күрдьэн биэрдилэр. Ону таһынан сайын оонньуур, мустар, футболлуур, волейболлуур былаһааккаларын хаартан ыраастаан бэлэмнээтилэр. Оҕолорбут үлэһиттэрин хайгыыбыт, киэн туттабыт. Үлэ киһини киэргэтэр, үрдүккэ, ситиһиилээх буоларга тиэрдэр.