*Улуу Кыайыы 81 сылын көрсө!* — 10 мая 2026 г. в 10:16:31.931
*Улуу Кыайыы 81 сылын көрсө!* Бу күн — биһиги норуоппут хорсун быһыытын, тыыл бэриниилээх үлэтин уонна эйэлээх олох иһин туруулаһыытын бэлиэтэ. Ааспыт кэм албан аата умнуллубат, дьоруойдарбыт, бэтэрээннэрбит ааттара үйэлэргэ тыыннаах! 🎖 Бүгүн биһиги, эдэр көлүөнэ, эйэлээх халлаан иһин ытык дьоммутугар муҥура суох махталбытын тиэрдэбит. Кинилэр кэриэстэрин ытыктыыр уонна ааттарын үйэтитэр — биһиги ытык иэспит. Кыайыы өрөгөйө үйэлэргэ тиийиэхтин! Махтал буоллун кыайыыны уһансыбыт дьоммутугар! 🕊️

