«Кэскил» («Бэлэм буол») хаһыат үбүлүөйдээх 90 сыла! 🥁🎺 — 16 мая 2026 г. в 01:57:20.541
«Кэскил» («Бэлэм буол») хаһыат үбүлүөйдээх 90 сыла! 🥁🎺 Быйыл, 2026 сыл ыам ыйын 15 күнүгэр, тапталлаах “Кэскил” (Бэлэм буол) хаһыаппыт үбүлүөйдээх 90 сылын бэлиэтиибит. 🥳 📰 Хаһыат маҥнайгы нүөмэрэ 90 сыл анараа өттүгэр, 1936 сыллаахха, бэчээттэммитэ. Ол кэмтэн ыла “Бэлэм буол” үгүс көлүөнэ оҕо сааһын доҕоро буолбута. Ол ситими салҕаан, аныгы кэм ааҕааччылара биһиги буолабыт.👭👫 ⤵️ Юнкордар эҕэрдэ видеоларын бу сигэнэн көрүҥ: https://vkvideo.ru/video-199463452_456244961

