МБОУ"Хоринская СОШ им.А.Я.Филиппова" Олекминский район
Образование · 22 мая 2026 г.
🍃Сайыҥҥы сайаҕас күнүнэн!🍃 — 22 мая 2026 г. в 09:00:54.716
🍃Сайыҥҥы сайаҕас күнүнэн!🍃 Бүгүн, Айылҕа уһуктар, сайын кэлэр үөрүүлээх бырааһынньыгар, Ньукуолун күнүнэн биһиги оскуолабытыгар оҕолорбут бары түмсэн Оһуохайдаатыбыт! 🍃☀️Ньукуолун – бу саха дьонун үйэлээх үгэһэ, айылҕаҕа махталбытын биллэрэр, кэлэр кэмҥэ үтүө туругу көрдөһөр, үүт-сүөгэй дэлэйин алҕаан көрсөр саргылаах кэмибит. 🍃☀️Оһуохай – бу киһи дууһатын ыраастыыр, өйүн-санаатын күүһүрдэр, дьону түмэр, сомоҕолуур үрдүк суолталаах айымньы. Оһуохайдыы туран, биһиги айылҕаттан күүс-уох ылабыт, кэлэр сылга этэҥҥэ олоруохпут диэн эрэли үөскэтэбит, өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин үйэтитэбит. Бу Ньукуолун күнүгэр оһуохайдыырбыт – биһиги олоххо дьулуурбутун, айылҕаҕа сүгүрүйэрбитин, биир омук буоларбытын көрдөрөр. Оһуохай буолуохтун! Дьол тосхойдун! Сахалыы Оһуохайбыт тыла-өһө үйэлэргэ умнуллубат гына ыллана турдун!!! #Оһуохай #Сайынкэллэ #Оһуохайкүнэ #ОЬуокайчеллендж #педагогиЯкутии

