Муус устар 24 күнүгэр алын сүһүөх оҕолоругар "Өбүгэлэр оонньуулара" күрэх буолан ааста. — 27 апреля 2026 г. в 00:38:23.600
Муус устар 24 күнүгэр алын сүһүөх оҕолоругар "Өбүгэлэр оонньуулара" күрэх буолан ааста. Оҕолор 3 хамааандаҕа арахсан күрэхтэстилэр. Физкультура учууталлара Захарова А.В., Семенов Е.П. биэс көрүҥнэргэ - бөтүүктэһии, кириэс тэбиитэ, ойбонтон уулааһын, канат тардыһыы, сүүрүү түһүмэхтэри ыыттылар. Күрэх түмүгүнэн 1 миэстэ "Ветер" хамаанда бастаата (командир Михайлов Миша), 2 миэстэ ылла "Түргэттэр" (командир Неустроев Гордей), 3 миэстэ "Первые" (командир Аркадий Данилов).

