⚜️Ыам ыйын 19 күнүгэр, Пионердар күннэринэн сиэттэрэн,сылын ахсын ыытыллар, үгэс буолбу...
⚜️Ыам ыйын 19 күнүгэр, Пионердар күннэринэн сиэттэрэн,сылын ахсын ыытыллар, үгэс буолбут "Зарница" диэн оонньуубут үрдүк таһымнаахтык тэриллиннэ. Оонньууга 5-11 кылаастар үөрэнээччилэрэ көхтөөхтүк кыттыыны ыллылар. Кинилэр үс бөлөххө арахсан, араас соруктаах туристическай эстафетаҕа күрэхтэстилэр. Оонньуу саамай сэргэх уонна күүрүүлээх түгэнинэн -бөлөхтөрүнэн "кутурук" былдьаһааһыннара буолла. Тэрээһин түмүгүнэн бары кыттыылаахтарга минньигэс бириис туттарылынна.