Тапталлаахтар күннэрэ бу тиийэн кэллэ. Сибэтиэй Балантыын күнэ – таптаһар сүрэхтэргэ ол... — 14 февраля 2026 г. в 09:09:19.778
Тапталлаахтар күннэрэ бу тиийэн кэллэ. Сибэтиэй Балантыын күнэ – таптаһар сүрэхтэргэ олус суолталаах уонна истиҥ бырааһынньык буолар. Ол чэрчитинэн бүгүн, олунньу 14 күнүгэр оскуолабытыгар үөрэх чааһын кэнниттэн, үөрэнээччилэргэ анаан тэрээһин ыыттыбыт. Оҕолор бука бары оонньоон – көрүлээн, оҕолуу мэниктээн дуһуйа сынньаннылар. Күндү үөрэнээччилэрбит, тапталлаахтар күннэринэн төрөппүттэргитигэр, чугас аймах дьоҥҥутугар таптыыргытын истиҥ, иһирэх тылларын этиҥ, дьоҥҥутун үөрдүҥ! Оскуола кэллэктиибэ.

