🌞Атырдьах ыйын 22 күнүгэр “Олоҥхо кэскиллэрэ” оҕо сайыҥҥы фольклорнай чэбдигирдэр лааҕ... — 26 августа 2026 г. в 01:07:18.380
🌞Атырдьах ыйын 22 күнүгэр “Олоҥхо кэскиллэрэ” оҕо сайыҥҥы фольклорнай чэбдигирдэр лааҕыр оҕолорун уонна уһуйааччыларын үлэлэрин көрдөрөр отчуоттуур кэнсиэрэ буолан ааста. 🌟Бэрт кылгас кэм иһигэр бэлэмнэнэн оҕолор ырыа, үгэ, олоҥхо толордулар, үҥкүү көрдөрдүлэр, хомуска оонньоотулар, оһуохай тылын эттилэр.Төрөппүттэр оҕолорун араас талааннаахтарын көрөн астыннылар уонна лааҕыр үлэһиттэригэр махтал тылларын эттилиэр💐. Туспа болҕомтону оҕолор В.О. Каратаев “Оҕо тулаайах” олоҥхотун толорбуттарыгар уурар тоҕоостоох. Былырыын оҕолор бу олоҥхоннон 7 мүнүүтэлээх кукольнай испиктээк туруорбут буоллахтарына быйыл өссө чиҥэтэн бөлөҕүнэн 11 мүнүүтэ уһуннаах гына бэйэлэрэ таҥас-сап кэтэн олоҥхону толордулар.

