МБУ Центр Культуры "Дьиэрэй ырыа" имени В.Г.Григорьева
Лайфстайл · 29 июня 2026 г.
«Күрүлгэн» телесериалы усталлар — 29 июня 2026 г. в 15:32:51.000
«Күрүлгэн» телесериалы усталлар Сахабыт сирин олохтоохторо «Саха” НКИХ каналыгар киинэ сериалларын сөбүлээн көрөллөр. Бүгүҥҥү күн Булгунньахтаахха «Күрүлгэн» сериал сүрүн түһүмэхтэрин уста сылдьаллар. Сэгэтэн эттэххэ, киинэҕэ 1990-с, бүтүн дойдубут үрдүнэн уларыйыы сыллара, түһүүлээх-тахсыылаах, олох араас уустук түгэннэрэ буолан ааспыт кэмнэрэ, тыа сирин ыалын олоҕо көстөр. Манна режиссёр Марина Барашкова, сериал сүрүн оператора Дмитрий Сергучев хамаандалара үлэлииллэр. Өссө ыам ыйын бүтүүтэ Дьэр нэһилиэгэр хампаанньа айар холбоһуга «Күрүлгэн» телесериал бастакы сценаларын устан саҕалаабыта. Хас биирдии эпизоду кичэйэн туран, бэрт кыраҕытык көрөн усталлар. Эрдэттэн үгүс бэлэмнэнии үлэтин ыытан, ол саҕанааҕы дьиэ-уот, мал-сал барыта булуллан үлэ ортолоспут. Киинэ ис хоһооно оскуоланы саҥа бүтэрбит оҕолор олохторо буоларынан, баһыйар үгүстэрэ ыччат дьон, оҕолор хабыллыбыттар. Манна киинэ эйгэтигэр саҥа уһуллар сэргэх дьон баар, бары умсугуйан туран бэриллибит оруолларын толороллор. Бу сериал уһуллан бүттэҕинэ, таҥыллан таҕыстаҕына ис хоһоонунан дьон болҕомтотун тардарыгар киһи саарбахтаабат. Уйбаан УЙГУУРАП, ааптар видеоҕа устуута уонна хаартыскаҕа түһэриитэ. @gazetahangalas Газета «Хангалас» в МАХ: https://max.ru/join/EMcGjeReldjRsN-wEC3qjk3EM5JlIYb-KMZvwzUmnRM ВКонтакте: https://vk.com/gazetahangalas

