Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин салалтата, педагогическай общественноһа бүгүҥҥү Аан дойдута... — 1 июня 2026 г. в 00:23:32.582
Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин салалтата, педагогическай общественноһа бүгүҥҥү Аан дойдутааҕы Оҕо көмүскэлин күнүнэн күндү кырачааннары, төрөппүттэри, иитээччилэри, улуус олохтоохторун истиҥник эҕэрдэлиир! Бу бырааһынньык 1949 с. дьахталлар Аан дойдутааҕы демократическай федерацияларын быһаарыытынан олохтоммута уонна 1950 с. аан бастаан 51 дойдуга бэлиэтэммит. Бу дьаһал сүрүн соругунан Аан дойду оҕолоро олоххо, сайдыыга, доруобай чөл олохтоох буолууга, үөрэххэ, толору дьоллоох дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэр тэҥ бырааптаахтарын билинии, хааччыйыы буолар. Оттон Оҕо көмүскэлин күнэ 1966 сылтан Россияҕа бэлиэтэнэр. Саха сиригэр оҕолор, чуолаан кырачааннар доруобуйаларын, сайдыыларын, кинилэр төрөппүттэрин, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн туруктаах олоҕун араҥаччылыыр үгүс өрүттээх сокуоннар, дьаһаллар ылыллаллар. Бу улахан суолталаах бырааһынньык кэтэһиилээх Сахабыт сирин сайынын бастакы күнүгэр сөп түбэһэринэн уратылаах. Улууска 1369 оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо баар, мантан 223 оҕо уһуйааны ситиһиилээхтик түмүктээтэ. Кырачааннарбыт дьоһуннаах дьон буолар тускулларыгар ситиһиини, дьолу - согуну баҕарабыт! Күндү оҕолорбутугар саамай кэрэ түгэннэри, дьоллоох оҕо сааһы, Эһиги тулаҕытыгар өрүү таптыыр, өйдүүр төрөппүттэргит, Эбээлэр, Эһээлэр, аймах билэ дьоҥҥут олоххутун сырдыгынан сыдьаайдыннар, Эһиги инники дьоллоох соргулаах олоххутун түстээтиннэр! Улуустааҕы үөрэх салалтатын начальнига, Ю. В. Кынатов.

