• күөс иһитин көһүйэни оҥоруу — 30 июня 2026 г. в 15:26:12.057
• күөс иһитин көһүйэни оҥоруу Ыытыллар сирэ: Уһун Хонуу, Чороон түһүлгэтэ 14.00 Кылыһах кырыымпаҕа оонньооччулар күрэстэрэ «Куйаар кутуллар дорҕооно» Ыытыллар сирэ: Кэбээйи сэлиэнньэтэ, Егоров уул, 12, «Сайдам» норуот айымньытын киинэ 14.00 ХОМУС ТҮҺҮЛГЭТИН АҺЫЛЛЫЫТЫН СИЭРЭ-ТУОМА Хомусчуттар күрэстэрэ «Хомус хомуһун дорҕоонноро» Ыытыллар сирэ: Уһун Хонуу, Хомус түһүлгэтэ 14.00 «Олоҥхону ааҕабыт» өрөспүүбүлүкэтээҕи V ааҕыы Ыытыллар сирэ: Уһун Хонуу, Олоҥхону ааҕыы түһүлгэтэ 14.00 «ТАЛБА ТАЛААН» ТҮҺҮЛГЭ АҺЫЛЛЫЫТЫН СИЭРЭ-ТУОМА Норуот уус-уран оҥоһуктарынан көрүү «Иис-уус дьарыга – үйэлэр кистэлэҥнэрэ» • өбүгэ үгэстэринэн иистэнии (кыбытык тигии – ат симэҕэ, панно, көбүөрдэр уо.д.а); • кыл-сиэл оҥоһуктар (сөрүө, куйуур, илим); • туостан оҥоһуктар; • балык уҥуоҕуттан, хатырыгыттан, тириититтэн оҥоһуктар; • сыахай (олоҥхо геройдара, ис хоһоонун арыйар композиция Ыытыллар сирэ: Уһун Хонуу, «Талба талаан» түһүлгэ 14.00 Хотугу норуоттар уус-уран оҥоһуктарын күрэстэрэ «Үгэс тыыннаах ситимэ» • «Һэрук» - сүгэр суумкалары оҥорооччулар күрэстэрэ; • бултааһыҥҥа кэтиллэр таҥаһы оҥорооччулар күрэстэрэ; • «Кумнан» - түүлээх көбүөрдэри оҥорууга күрэс Ыытыллар сирэ:Уһун Хонуу, Хотугу норуоттар түһүлгэлэрэ 14.00 Саха омугун уонна хоту дойду төрүт олохтоох омуктарын таҥастарын көрүү «Омук төрүт таҥаһа – өбүгэ өйдөбүнньүгэ» • XVIII – XIX үйэтээҕи үгэс буолбут сөргүтүллүбүт таҥас (реконструкция); • аныгылыы тупсарыллыбыт истииллээх күннээҕи уонна мааныга кэтиллэр таҥастар коллекциялара; • дьиэ кэргэн ыһыахха кэтэр маанылаах таҥастара Ыытыллар сирэ:Уһун Хонуу, фольклор түһүлгэтэ 14.00 Оһуохай тылын этээччилэр күрэстэрэ «Аламай Күн алыптаах үҥкүүтэ» Ыытыллар сирэ:Уһун Хонуу, күнү көрсөр түһүлгэ 14.00 СПОРТ САХАЛЫЫ КӨРҮҤНЭРИГЭР КҮРЭХТЭҺИИЛЭРИ ҮӨРҮҮЛЭЭХТИК АҺЫЫ СИЭРЭ-ТУОМА • мас тардыһыытыгар муҥутуур кыайыылаах мадьыныны быһаарар күрэхтэһии; • атах оонньууларыгар муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар күрэхтэһии (кылыы, ыстаҥа, куобах) Ыытыллар сирэ: Уһун Хонуу, сүрүн түһүлгэ 14.00 Хотугу норуоттар төрүт үҥкүүлэрин төрүттээччилэр күрэстэрэ Ыытыллар сирэ: Уһун Хонуу, Хотугу норуоттар түһүлгэлэрэ 14.00 Ат үрдүттэн саадахтан ытыы «Ат Саадах» Ыытыллар сирэ: ипподром 15.00 Тута хоһуйан олоҥхолооһуҥҥа күөн-күрэс Ыытыллар сирэ: Уһун Хонуу, Олоҥхо түһүлгэтэ 16.00 Батыйаны оҥорор тимир уустар күрэстэрэ «Бастыҥ болгуо – батыйа» Ыытыллар сирэ: Уһун Хонуу, сүрүн түһүлгэ 18.00 Хапсаҕайга муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар күрэхтэһии Ыытыллар сирэ: Уһун Хонуу, сүрүн түһүлгэ 18.00 Нимкан уонна нимнгакан толорооччуларын күрэстэрэ Ыытыллар сирэ: Уһун Хонуу, Хотугу норуоттар түһүлгэлэрэ 17.00 Норуоттар икки ардыларыгар ЮНЕСКО чэрчитинэн ыытыллар «Аан дойду омуктарын эпостара» бырайыак презентацията Казахстан, Кыргызстан, Алтай, Башкортостан, Тыва, Хакасия республикаларын тылбаасчыттара уонна эпоһы толорооччулар кыттыылаах Ыытыллар сирэ:Уһун Хонуу, фольклор түһүлгэтэ 18.00 Б. Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын туруоруутугар Н.Золотарев-Якутскай айымньытынан «Төлкө» испэктээк Ыытыллар сирэ: Кэбээйи сэлиэнньэтэ, Егоров уул, 12, «Сайдам» норуот айымньытын киинэ 19.00 Саха ох саатынан ытыыга күрэхтэһии «Далла мэндэйии» Ыытыллар сирэ: ипподром 20.00 «Киристэпиэл кэрэхсэлэ». Дэгэрэҥ ырыаны толорооччулар күрэстэрэ Ыытыллар сирэ:Уһун Хонуу, фольклор түһүлгэтэ 20.00 Дьоро киэһээ «Кэбээйилэр ыллыыллар» Кэбээйи нэһилиэгиттэн төрүттээх көмүс ууһа А. Ф. Терехов - Күкүр Уус холобурунан бөҕөх оҥоруутугар ювелирдар күрэстэрин түмүгүн таһаарыы Ыытыллар сирэ: Уһун Хонуу, сүрүн түһүлгэ 20.00 Өрөспүүбүлүкэтээҕи ат сүүрдүүтэ Ыытыллар сирэ: ипподром 20.30 Дьоро киэһэ «Хотугу норуоттар сулустара» Ыытыллар сирэ:Уһун Хонуу, Хотугу норуоттар түһүлгэлэрэ ОТ ЫЙЫН 5 КҮНЭ 02.00 Кэбээйи сиригэр күнү көрсүү сиэрэ-туома. Алгыс түспүт кымыһынан күндүлээһин Ыытыллар сирэ:Уһун Хонуу, күнү көрсөр түһүлгэ 09.00 Олоҥхо Ыһыаҕын ыалдьыттарын көрсүү сиэрэ-туома Ыытыллар сирэ: Уһун Хонуу, Тойон аан 10.00

