ЭЙЭ БААР БУОЛЛУН! — 1 мая 2026 г. в 14:50:32.729
ЭЙЭ БААР БУОЛЛУН! Сэлэлии хаампаппыт да буоллар Күөх Маайы дууһабыт кэтэһэр, Үрүҥ күн син тыгар халлааҥҥа, Сааскы тыал илгийэр илинтэн. Илгийэр, сипсийэр кулгаахпар: "Барыта этэҥҥэ буолуоҕа! Олохпут оҥкула уоскуйуо, Сыыйа кэм оннугар түһүөҕэ!" Күөх Маайы, Кыайыыны көрсүһэ Кумааҕы холууппун оҥордум, Тыллыбыт мутукчам остуолбар Ахтылҕан сытынан дыргыйар... Сэлэлии хаамары көрбөтөх Сиэннэрим сонургуу көрөллөр, Сүтүкпүн сэрэйбэт буоланнар Оҕолуу сэгэйэ үөрэллэр. Ырыа да тыллара умнуллан Сэлэлии хаампатах ырааппыт, Сирэйдиин сырдааммыт сиэттиспит Сэгэрим эн бүгүн ханнаҕын? Бу бүгүн барыта ураты Олохтуун, дьоннордуун, көстүүлүүн! Оттон мин сүрэҕим баҕарар Кумааҕы холууптаах хаамыаҕын... Бүгүҥҥү күн бэҕэһээ буолбатах, Урукку кэм эргиллэр кыаҕа суох! Ол эрэн ЭЙЭ диэн баар буоллун! Сүрэхпит таптыыры сатаатын! ПОЛИНА ПОБЕДА

